Читать книгу: «Төлкө», страница 6

Шрифт:

VIII

Күн арҕаа саҕахха түһүүтэ Маайа ынахтарын ыы титииккэ тахсар. Хотооной диэн бастыҥ ынаҕа кэлбэтэх.

«Кэлээ ини», – диэн саныы-саныы, Маайа атын ынахтарын ыыр. Күн киирэр. Түптэ буруота сир кырсынан сыылар. Хотооной кэлбэт. Маайа ыабыт үүтүн хамначчыт кыргыттарынан дьиэтигэр ыытан баран, бэйэтэ ынаҕын көрдүү дал кэтэҕинэн ойуурга тахсан барар.

– Хотооной, Хотооной, мээх, мээх! – диэн ынаҕын ыҥыра-ыҥыра Маайа сотору-сотору тохтоон иһиллиир. Тыала суох, ичигэс, уу чуумпу киэһэ. Ойуур иһигэр күнүскү куйаас салгын тыына билигин да баар, Маайа сирэйин сып-сылааһынан саба охсор.

Маайа дьиэтиттэн балачча ырааппытыгар ойуур иһиттэн ынаҕын ыҥыранар саҥата иһиллэр.

«Тоҕо манна баар эрээри дьиэтигэр киирбэтэҕэй? Ээ, икки хонуктааҕы ардах кэнниттэн тэллэй үүммүт буоллаҕа. Онно иирдэҕэ», – дии саныыр Маайа уонна эмиэ ыҥырар:

– Хотооной, Хотооной, мээх, мээх!

Хотооной ойуур иһиттэн тахсыбат, маҥырыы-маҥырыы биир сиргэ турар быһыылаах.

– Хотооной, ыанар кэмиҥ ааста, баччааҥҥа диэри тугу гына сылдьаҕыный? – диэн мөҥүттүбүтэ буола-буола, Маайа титирик лабааларын силэйэн кэбиһэ-кэбиһэ, ынаҕа ыҥыранар саҥатын хоту барар. Ол баран, ыраас сиргэ тахсар. Онно ынаҕа эриэн ситии быанан тииккэ баайыллан, тула мөхсө, холоруктуу турар эбит.

– Ынахпын бу хайалара баайдаҕай? – дии саныыр Маайа. Ол-бу диэки тула көрөр. Туох да биллибэт.

Маайа устунан куттанан барар уонна, бэйэтин саҥатыттан бэйэтэ эр ылаары, айдаарбыта буолар.

– Хайа түөкүн баайан бырдахха сиэттэҕэй?!

Кини ынаҕын муоһуттан быаны сүөрэн тиликтэһэр. Быа ыйыллан хаалбыт. Өр соҕус тардыалаһан, ынах быатын нэһиилэ төлө тардар. Дьиэтигэр киирээри дьүккүһэ турбут ынах быата төлөрүйэрин кытта сүүрэн таҥкыччахтана турар. Маайа ынаҕын батыһан бараары гынан эрдэҕинэ, ким эрэ кинини илиититтэн харбаан ылар. Маайа, куттанан, часкыйа түһэр, эргиллэр. Көрбүтэ: ханнык эрэ мара таҥастаах, урут хаһан да көрбөтөх киһитэ кинини илиититтэн тутан турар эбит.

– Ы-ыт! – диэн хаһыытыыр Маайа. Кини хаһыыта ой дуораана буолан, сатарыйан, чуумпу ойуур иһин уһугуннарар.

Кинини илиититтэн туппут киһи, куттаммыт курдук, ыһыктан кэбиһэр. Маайа, босхолоноот, дьиэтигэр сүүрээри гынан эрдэҕинэ, кини бэркэ билэр киһитин саҥата:

– Маайа!.. – диэн ыҥырар.

Маайа эргиллэ түһэр.

– Кимҥиний? Хантан мин ааппын билэҕиний?.. Тоҕо ынахпын баайдыҥ?

– Маайа, миигин билбэтиҥ дуу? – диэн били хамначчыт таҥастаах киһи эмиэ үүт-үкчү Сүөдэр куолаһынан саҥарар.

Маайа соһуйан чинэрис гына түһэр, чахчы кини Сүөдэрин куолаһа, ыкса кэлэн сирэйин одуулаһар. Онтон:

– Сүөдээ-эр! – диэбитинэн кууһан ылар, иэдэһиттэн ууруур, сыллыыр.

Сүөдэр тугу да саҥарбат. Кини Маайаттан куттанар дуу, саатар дуу курдук быһыылаах.

– Сүөдээр, бу туох буолан, туох дьүһүнүн дьүһүлэнэн кэллиҥ?..

Сүөдэр хараҕын уута икки иэдэһинэн сүүрэн түһэр, аргыый аҕай ытыһын көхсүнэн хараҕын уутун соттор.

– Сүөдээр, оо, көһүттүм да этэ!.. Чэ, дьиэбитигэр киириэх! – диэн баран Маайа Сүөдэри, хонноҕун анныттан ылан, дьиэтин диэки дэгдэритэр.

– Маайа, тохтоо!.. Ити дүлүҥҥэ олоруох…

Маайа Сүөдэрдиин саҥата суох дүлүҥҥэ кэлэн олороллор. Сүөдэр сүр күүскэ үөһэ тыынан кэбиһэр:

– Эн иннигэр хараҥа буруйдаах, халыҥ аньыылаах киһи кэлэн олоробун… Тойонум Дьаакыбылап кулуба туох хара санаалаах миигин манна ыыппытын билбитим эбитэ буоллар, эйигин бу алдьархайга киллэриэ суох этим… Ол баҕайы үтүө санаата киирэн, миигин ыал оҥороору гыннаҕа дии санаан, эйигин кэргэн кэпсэппитим… Онтум ханна баарый, хара санаатын толорторо ыыта сылдьыбыт эбит… Маайа, эн миигин өлөр да, кырбаа да – көҥүлүҥ…

Маайа тугу да саҥарбат, Сүөдэр сирэйин өрө көрөн олорор. Кини бу киһини, бу саҥаны, оо, төһөлөөх аҕынна этэй!

– Маайа, тоҕо тугу да саҥарбаккыный?.. Эйигин саакка киллэрбит киһини тоҕо кырбаабаккыный? – Сүөдэр ытамньыйан барар.

– Кэпсээн ис, уоскуй! – дии-дии Маайа Сүөдэри уоскутаары кууһар.

– Маайа, итэҕэй миигин, таҥара иннигэр этэрим курдук этэбин… Мин төһө да эйиэхэ тэҥэ суоҕум иһин, мин эйигин ис сүрэхпиттэн таптыыбын… Биллэн турар, эһиги, баайдар, ким элбэх баайдааҕы, халыҥ харчылааҕы таптыыгыт… Оттон биһиги, ыал хамначчыттара, дьадаҥылар сордоохтор, ыраас сүрэхпитинэн эрэ таптаахтыыбыт, биһиги ылсыһар-бэрсиһэр үппүт-баайбыт суох… эн бу дьүһүннээх таҥастаах-саптаах киһини тэҥнээх доҕор туттарыҥ биллибэт. Ол иһин бэйэбэр тиийинэр ыар санааны ылыммытым, – Сүөдэр уҥа илиитин көхсүнэн хараҕын уутун туора соттор. – Санаабын сорук оҥостон, аны биирдэ көрөн баран өллөрбүн диэн, бу дойдуга кэлбитим үс хонно. Эн ынахтаргын ыы тахсаргын ойуур иһиттэн одуулаһабын. Онон билэн, ити эн ынаххын бүгүн манна баайбытым…

Маайа хараҕын уутун кыаммат. Кини кыра оҕолуу марылаччы ытаан барар. Өр соҕус олороллор. Маайа улам уоскуйан, Сүөдэриттэн ыйытар:

– Бачча тухары тоҕо биһиэхэ киирбэтэххиний?.. Тугу аһаан сылдьаҕын?

Кырдьыга, Маайа таптыыр кэргэним манна, ойуурга, олороро буолуо диэн хантан сэрэйиэҕэй! Оо, ону билбитэ буоллар, ама кини ас булан аһаппат, орон булан сынньаппат бэйэлээх буолуо этэ дуо?!

– Эн дьонуҥ баайдар, мин курдук мара таҥастаах киһини дьиэлэригэр киллэрэллэрэ да биллибэт… Эйигин хайдах да гынан көрсөр кыаҕа суох буолан, ынаххын баайбытым. Эйигин бэйэтэ эрэ тахсыа дии санаабатаҕым… Хамначчыт кыргыттаргытыттан биирдэстэрэ эмэ кэллэҕинэ, эйиэхэ илдьиттээри гыммытым… Хата, дьоллоох эбиппин!.. Мэ, Маайа, бу бэргэһэлэнэрбитигэр кэтэрдибит биһилэҕиҥ, – диэн баран Сүөдэр Маайаҕа көмүс биһилэҕи уунар.

Маайа кинини: «Ханна да ыытыам суоҕа!» – диэбиттии, икки илиитинэн ыбылы кууһан, эмиэ ытаан барар.

Ойуур иһэ ордук боруҥуйар, хараҥарар. Төһө да Саха сирин бэс ыйынааҕы түүнэ сырдыгын иһин, түүн оройо кэм биллэр. Салгын тымныйар. Сиик түһэн барар. Ханна эрэ күөлгэ аҥыр айаатаан айдаарар. Үөһэ, сыыр үрдүгэр, ойуурга өтөн үөтэн өҕүргүүр. Маайа итилэри барыларын урут хаһан истиэй. Истэ илигэ. Кини кэргэнэ кэлбититтэн үөрбэт. Туох буолбутун өйдүүр. Кинилэр иккиэн хара санаалаах кулуба албыныгар хаптарбыттар.

Ыгылла-ыгылла ытыы олорор Маайаны көрөн Сүөдэр эмиэ ытаан барар. Ол курдук өр соҕус ытаспахтаан баран, Маайаны сүүһүттэн уураан-сыллаан ылаат, Сүөдэр ойон туран ойуурга ыстанар.

– Сүөдээр, ханна бардыҥ?..

Сүөдэр ойуур диэки аҕыйахта хардыылаат, тэһииниттэн таттарбыт ат курдук чугус гынан тохтуу биэрэр. Маайа кэлэн кини илиитигэр иилистэ түһэр.

– Сүөдээр, барыма!.. Кэл, олоро түһүөх!

Сүөдэр саҥата суох, оҕо курдук батыһан кэлэн, дүлүҥҥэ олорор.

– Сүөдээр, бу түүл буолуо… Ама, кырдьык үһүө, – Маайа сып-сылаас түөһүгэр Сүөдэр төбөтүн ыбылы тардар уонна, уол баттаҕын имэрийэ-имэрийэ, аргыый сибигинэйэр. – Суох, ити кэпсиириҥ барыта сымыйа. Бу эн биһикки түһээн көрсөбүт.

– Суох, Маайа, түүл буолбатах, чахчы.

Маайа өр ытаабытыттан эбитэ дуу, түүҥҥү салгын тымныйбытыттан эбитэ дуу, тоҥон дьагдьайан барар. Сүөдэр ону көрөн, эргэ кулун тириитэ сонун устан Маайа саннын саба уурар.

– Сүөдээр, миигин таптыыгын дуо?

Сүөдэр саҥата суох Маайаны кууһар уонна иэдэһиттэн уураан-сыллаан ылар. Маайа санаатыгар, түүҥҥү тымныы салгын итийбиккэ, түүҥҥү хараҥа сырдаабыкка дылы буолар.

Маайалаах Сүөдэр куустуспутунан туран кэлэллэр. Маайа санныттан эргэ кулун сон сиргэ «күр» гына түһэр. Уоллаах кыыс уос-уостара минньигэс бэйэлээхтик сыстыһаллар. Ойуур иһэ, кинилэр көрсүспүт дьоллорун мэһэйдээмээри, им-дьим иһийэр.

Ахтыспыт сүрэхтэр, бэйэ-бэйэлэрин билсиһэн, тэбис-тэҥҥэ тэбэллэр…

Иккис баһа

I

Маайа тыаҕа көрдүү тахсыбыт ынаҕа титиигэр тиийэн кэлэр. «Ынаҕа Маайаны куота сүүрэн кэллэҕэ», – диэн кыргыттар бастаан утаа кыһамматтар. Күн арҕаа тыа кэтэҕэр киириитэ, титиик иһэ борук-сорук буолуута кыргыттар ынахтарын ыан бүтэллэр. Маайа кэллэр кэлбэт.

– Маайабыт, Хотоонойун ыабакка, ойуурга тугу гына сырыттаҕай? – дэһэн кыргыттар, ынахтарын титиик далыгар, түптэлээх хааччахха үүртэлии-үүртэлии, ботур-итир кэпсэтэн бараллар. Салгын сөрүүдүйэр, түптэ буруота, күөх солко буолан, төгүрүк алаас иһигэр субуллан киирэр.

Сүөкүлэ кыыс Хотоонойу ыы охсон далга таһаарар уонна Маайа үүттээх ыаҕаһын хотунугар Ылдьаанаҕа киллэрэн биэрэр.

– Хайа, хотуок, Маайа ханна барда? – диэн Ылдьаана ыйытар.

Сүөкүлэ соһуйан муҥунан көрөр.

– Маайа дьиэтигэр суох дуо? Кэлбэтэ дуо? – диэн утары ыйытар.

– Хотуок, суох буолумуна, эһигини кытта ынахтарын ыы барбыта буолбат дуо?!

– Маайа, үс ынаҕын ыан баран, Хотоонойун көрдүү ойуурга тахсыбыта да, биллибэтэ дии.

– Ынаҕа кэллэ дуо?

– Маайа барарын аҕай кытта кэлбитэ. Биһиги Маайаны, ынаҕын булан баран, дьиэтигэр киирдэҕэ дии санаабыппыт ээ, – диир Сүөкүлэ кыыс.

Ылдьаана соһуйар: «Маайа ханна бардаҕай?» Онуоха эбии аҕалара Сэмэн оҕонньор быраабатыттан эмиэ хойутаата, билиҥҥэ диэри кэлэ илик. Ылдьаана, кыыһа аҥаардас сиидэс ырбаахынан эрэ сылдьарын өйдөөн: «Салгын сөрүүдүйдэ, аны оҕом тымныйан ыалдьыа», – диэн иһигэр куттана саныыр.

– Хотуой, ону тоҕо баччааҥҥа диэри эппэккэ сырыттыҥ? – диэн эмээхсин кыыһы сэмэлээн, мөҥөн барар. «Сүөһү күрүө намыһаҕынан, баай хамначчытын үрдүнэн көтөр үгэстээх» диэн саха өһүн хоһооно этэринии, Маайа тыаттан төннүбэтэҕэр Сүөкүлэ кыыс буруйдаах буолан хаалар.

Ити курдук кэпсэтэ турдахтарына аан аһыллар, быраабаттан дьиэлээх тойон тиийэн кэлэр. Маайа ойуурга ынаҕын көрдүү тахсан баран билиҥҥэ диэри киирэ илигин Ылдьаана кэргэнигэр кэпсиир.

Харатаайап оҕонньор, быраабаттан ыҥыыр акка сиксиллэн улаханнык сылайан, аччыктаан кэлбит буолан, Маайа хойутаабытыгар соччо кыһаммат.

– Ханна барда диэтэххиний? Ынаҕын булумуна көрдүү сырыттаҕа дии. Кыһын буоллаҕай, үлүйэн өлүө диэтэҕиҥ дуу?.. Билиҥҥитэ, таҥара көмөтүнэн, чугас эргин арбаҕастаах да баара иһиллибэт дии… Хата, аскытын тиэтэтиҥ, аччыктаатым, – диэн кэбиһэр.

Ылдьаана кэргэнэ эппититтэн уоскуйар: «Кырдьык даҕаны, кыһын буолбатах, хаама сылдьар киһи, ама, тоҥноҕой! Маайа куруутун дьиэтигэр олороруттан тэһийбэт, мунчаарар этэ. Баҕар, ойуурга-хонууга сылдьан, санаата аралдьыйыа».

Балаҕан олохтоохторо – хамначчыттар киэһэ аһылыктарын аһаан утуйан хаалаллар. Улахан дьиэҕэ олорооччу дьон куруутун да хойутаан утуйааччылар. Киэһэ аһылыктарын аһыыллар. Иһити-хомуоһу сууйаллар. Түүн ортото буолар. Маайа кэллэр кэлбэт.

Ылдьаана тулуйбакка, хамначчыттарын балаҕаннарыгар тахсар. Киирэн Сүөкүлэ кыыһы уһугуннарар.

– Хотуой, Маайа суох, тахсан көрдөөбөккүн, ыҥырбаккын ээ, – диэн соруйар.

Сүөкүлэ утуйуон олус баҕарар быһыылаах да, хотуна соруйбутун кэннэ тэҥнэһиэ дуо, турар. Түүн соҕотоҕун ойуурга тахсыан куттанан, Кэтирииһи, Мааппаны уһугуннартыыр. Кинилэр бэрт өр таҥнан тахсан, дал кэтэҕинэн ойуур саҕатыгар тиийэн:

– Ма-а-й-й-а-а – диэн хаһыытаһаллар.

Кинилэр хаһыыларын ой дуораана хабан ылан, дуораһытан, ойуур кэтэҕинэн, Төгүрүк алаас улаҕатынан: «Ма-а- й-а-а! ы-а-а-а! й-а-а-а!» – диэн илдьэ бара турар.

Кыргыттар, сииктээх, сөрүүн салгыҥҥа тоҥон, титирэһэллэр. Кинилэр Маайа хардарарын өр соҕус көһүтэллэр да, туох да иһиллибэт. Куттанан ойуурга иһирдьэ киирбэккэлэр, ол курдук ойуур саҕатыгар өр соҕус хороһон туран баран, дьиэлэригэр төннөн киирэллэр.

– Хайа, оҕом? – дии тоһуйар Маайа кыргыттары кытта киирсиэ диэн көһүтэн олорбут Ылдьаана. Кини илиитигэр Маайа кырса тыһа истээх кылгас сонун тутан олороро. Санаатыгар, Маайа киирдэҕинэ, кэтэрдэ охсон, ириэрэр баҕалааҕа.

– Хаһыытыы, үөгүлүү сатаан кэбистибит…

– Оҕом тоҥон иэдэйдэҕэ!.. Чэйиҥ, тахсан көрдүөҕүҥ! – диэн Ылдьаана тымтан турар.

Хамначчыт кыргыттар аны хотуннарын кытта барсаллар. Ылдьаана ойуур саҕатын кэрийэ сылдьан күөмэйэ бүтүөр диэри ыҥыра, ыһыытыы сатыыр да, Маайа биллибэт. Кини туох да биллибэтиттэн ыксаан, буллахтарына эр дьон эрэ булуохтара диэн, кинилэринэн киэҥ сири кэрийтэрэн көрдөттөрөөрү кыргыттары илдьэ дьиэтигэр төннөр. Хоһугар киирбитэ, Сэмэн утуйан муннун тыаһа тарылыы сытар эбит.

– Сэмэн, уһугун!.. Оҕобут сүттэ… баччааҥҥа диэри дьиэтигэр киирбэтэ!..

Сэмэн Уйбаанабыс бэрт өр уһуктубат. Кини уутугар аҥаарыйан, ыҥыранар курдук тугу эрэ саҥарар да, туох диирэ биллибэт.

– Уһугун диибин дии!.. Оҕобут Маайа туох эрэ буолла! – дии-дии Ылдьаана күүскэ анньыалыыр. Сэмэн Уйбаанабыс олоро түһэр, баттаҕын тарбанан курдурҕатар:

– Суох дуо?.. Э-э, кэлиэ, – дии-дии эмиэ сытан барар. – Ханна барыай, абаҕатын аахха сылдьар ини.

«Кырдьык даҕаны, тоҕо мин итини урут өйдөөбөтөх бэйэбиний?» – дии саныы-саныы, Ылдьаана арыый уоскуйан оронугар сытар. Ол да буоллар уута букатын кэлбэт. Маайа кимиэхэ да, тугу да эппэккэ барбыта Ылдьаана өйүттэн тахсыбат. «Баҕар, оҕом сотору кэлиэ», – дии санаан, ааны одуулаһа, тыаһы-ууһу иһиллии сатыы сытар. Маайа суоҕун курдук суох. Ийэ сүрэҕэ тулутан сытыарбат. Кини, туһахха иҥнибит көтөр курдук, оронугар мөхсө сытар.

Халлаан лаппа сырдаан барар. Күн тахсара чугаһыыр. Ылдьаана, тулуйбакка, турар. Таһырдьа тахсан иһиллээн көрөр. Ойуур иһигэр чыычаахтар уһуктан чыбыгыраһаллара, ыллыыллара иһиллэр. Дьиэтигэр төннөн киирэр. Кэргэнин тардыалыыр.

– Сэмэн, оҕобут биллибэт, – диир.

– Баччааҥҥа диэри кэлэ илик дуо? – диэн Сэмэн, дьэ, уутуттан уһуктан ыйытар. Куттана быһыытыйан оронугар олоро түһэр. – Оҕом ол аата ханна бардаҕай?

– Оттон: «Абаҕатын аахха бардаҕа», – диэбитиҥ буолбат дуо?

– Тоҕо онно хонуой?.. Хонуор сатаммат уонна эйиэхэ эппэккэ эрэ онно барыа суоҕа.

– Биир уолу ат үрдүгэр түһэрэн онно ыыта сырыт, – диэн Ылдьаана кэргэниттэн көрдөһөр.

Сэмэн Уйбаанабыс туран таһырдьа тахсар. Хамначчыт уолу уһугуннаран, Арыылаахха абаҕалара оҕонньорго ыыталлар: Маайа онно баарын-суоҕун биллэрэ.

Күн лаппа үөһэ ойбутун кэннэ хамначчыт уол төннөн кэлэр. Кинини атыттан түһэрэр бокуойа суох:

– Маайа? – диэн ыйыта тоһуйаллар.

– Суох… Сылдьыбатах үһү.

Ылдьаана сүрэҕэ түөһүн иһиттэн ойон эрэ тахсыбат. Хараҕын уута тоҕо барбытын бэйэтэ да билиминэ хаалар. Сэмэн Уйбаанабыс кэргэнин дьиэтигэр киллэрэр, оронугар олордор.

– Ылдьаана, ытаама!.. Таҥара көмөлөһүө, оҕобут көстүө…

– Саҥарыма… Били Былаҕачыанайап таҥара ааһыаҕыттан, киһитэ кэлбэтэҕиттэн бэркэ санааргыы сырыппыта… Урут ынахтан куттанар бэйэтэ, ынах ыыр идэлэммитэ… Эн курдук, санаатын таһыгар таһаарбат, сүрэҕэр туох баарын эппэт оҕо… Эҥин-дьүһүн буолбут да буоллаҕына…

Сэмэн Уйбаанабыс кыайан тулуйбат, тыына кылгыыр, хараҕа хараҥарар. Урут үгүс оҕону көммүт баастаах сүрэҕэ тулуппат. Кини, ханна да барыах-кэлиэх сирин булбакка, Ньукуола таҥара болоорхой күлүгүн иннигэр чүмэчи уматар, кириэс охсунар.

«Оо, айыы тойон таҥара, хараҕым харатыныы харыстаан олорбут күөрэгэйим оҕотун – Маайабытын куоттарыма, көмөлөс, дьиэтигэр төннөр», – диэн таҥараттан көрдөһөр. Ол туран: «Хата, ойуунна булан көрүү көрдөрө охсубут киһи», – диэн саныы түһэр.

Бу кэмҥэ сахалар таҥараны, ойууну иккиэннэрин итэҕэйэллэрэ. Ол эрээри ойуун итэҕэлэ ордук күүстээххэ дылыта. Хас ыалдьыбыт киһи ахсын, хас сүөһү өллөҕүн, хас сүтүк таҕыстаҕын ахсын барытыгар ойууну ыҥыраллара, кыырдараллара, көрүүлэннэрэллэрэ. Оттон таҥараны бэрт ыраах баар курдук өйдүүллэрэ. Таҥараны көрдүм диир киһи биллибэт этэ. Оттон абааһыны ким куттас сүрэхтээх хас киэһэ аайы көрбүт, истибит буолара. Онон абааһы таҥаратааҕар быдан элбэххэ, чугаска дылыта. Харатаайап да, төһө да баайын, улуус кулубата буолбутун иһин, син, хамначчыттарын курдук, абааһыны-айыыны барытын итэҕэйэрэ.

Сэмэн Уйбаанабыс тахсан хамначчыттарын барыларын көрдөтө үүртэлиир.

Маҥнай чугас эргининэн көрдүү сылдьыбыт дьон төннөллөр, онтон утум-ситим бары кэлэллэр. Хас төннөн кэлэр дьон билэллэрэ эрэ:

– Маайа суох…

– Маайа көстүбэт…

– Маайаны көрбөтүбүт…

Ити тыллар Ылдьаана сүрэҕин, быһаҕынан кэйэр курдук, ыарытыннараллар.

Ити курдук, Маайа сүппүт маҥнайгы күнэ ааһар. Ким даҕаны бу күн олорбот, бары Төгүрүк алаас тулатын, чугастааҕы ойуурдары, өтөхтөрү барыларын кэрийэллэр. Айаҕалыы сатаан, чардааттаах киһи уҥуохтарын барыларын көрөллөр. Маайа ханна да суох.

Иккис күнүгэр Харатаайап кулуба нэһилиэгин дьонун барытын Маайаны көрдөтө таһаарар. Маайа сүппүт сураҕа ырааҕынан иһиллэр, тарҕанар. Ол эрээри бу да көрдөбүл тугу да биэрбэт – Маайаны ким да булбат.

Үһүс күнүгэр Маайаны өлбүттүү көрдүүллэр. Үс муҥханы тиэйэ сылдьан көлүйэлэри барыларын муҥхалаан, бадарааннарын, сытыйбыт куталарын хонууга тиэрэ тардан таһаартыыллар. Маайа суоҕун курдук суох.

Бу күннэргэ тойонньут, таайааччы, быһаарааччы, сүбэлээччи эрэ элбиир. Хаар маҥан баттахтаахтар, нэһилиэк кырдьаҕастара: «Үчүгэй буолан сүппэт, өлөн сүтэр», – диэн тойоннууллар.

– Сыгынньах кырдьаҕаһы ыҥыран, көрүү көрдөрөн көрбүт киһи… Кини ыйдар ыйыа, буллар булуо этэ, – диэн оҕонньоттор Харатаайапка сүбэлииллэр.

«Сүтүктээх сүүс аньыылаах» диэн саха өһүн хоһооно баар. Харатаайаптаах: «Сыгынньах ойуун оҕобутун булан биэриэ», – диэн эрэллэрэ күүһүрэр.

Биир күн Харатаайап кулуба икки ыҥыырдаах ат сиэттэриилээх, биир киһи арыалдьыттаах хоту Сыгынньах ойууннаахха барда. Сарсыарда, дьиэтиттэн аттанарыгар, ып-ыраас халлаан күн ортотуттан киэһэ өттүгэр тыалырда. Сотору-сотору аарыма холоруктар маһы-оту сөрөөн, өрө ытыйан аастылар. Сэмэн Уйбаанабыс хас холоругу барытын Сыгынньах ойуун абааһытыгар балыйан, тугу эрэ уоһун иһигэр ботугуруу истэ. Сотору соҕус буолаат, хоту диэкиттэн хара былыт өрүкүйэн тахсан күнү хаххалаан кэбистэ, тыал күүһүрдэ. Харатаайап итини эмиэ Сыгынньах ойуун абааһыларын оҥоһуулара дии санаата.

Суол аттыгар турар хохудал маска Сыгынньах ойуун эмэгэтэ кыбытыллан турара мас тыалтан хамсаатаҕын аайы араастык хаахыргыыр. Сотору-сотору ойуун куоҕастара, өксөкүлэрэ даллаһан тураллара көстөллөр. Икки ааттаах ойуун олорор сирдэрэ чугаһаабыта илэ-чахчы биллэн барда. Манна Сыгынньах ойуун кэргэнинээн Алыһардаах удаҕанныын олороллор. Кинилэр тустарынан эҥин арааһы барытын кэпсииллэр! Харатаайап Сыгынньах ойуун туһунан соторутааҕыта истибит кэпсээнин өйдүү түстэ:

«Сыгынньах ойуун хоту, Өлөөн өрүһүгэр, түүлээх атыылаһа сылдьан, биир ыалга хоно киирбит. Бу ыал кэччэгэйдэринэн аатырбыт дьон үһү. Ампаардарыгар биир атах эттээхтэрин, хоноһолоруттан көҥөнөн, киллэрбэтэхтэр, эттээбэтэхтэр. Киэһэ сылбархай ууну эрэ оргута туруорбуттар. Ону көрөн олорон, Сыгынньах ойуун эппит:

– Хайа, аһыыр аскыт суох дуу?

– Суох, – дэспиттэр дьиэлээхтэр.

Сыгынньах ойуун, олорбохтоон баран, туран уот иннигэр кэлбит.

– Аччык хонуохтааҕар, быстыахпыт дуо, мин эппин сиэтэхпит дии, – диэбит.

Дьиэлээхтэр, Сыгынньах ойуун туох этин эппитин өйдөөбөтөхтөр. Эт сиэхпит диэн, хата, бэркэ үөрбүттэр.

– Эт эттиир маскытын киллэриҥ эрэ.

Дьиэлээхтэр үөрүүлэрин кытта эт эттиир мастарын киллэрэн биэрбиттэр.

Сыгынньах ойуун эттиир маһы сиргэ уурбут. Олоппоһун ылан ол аттыгар олорбут уонна хаҥас атаҕын уллук сутуруотун устубут, онтон, быһаҕын ылан, буутун төрдүнэн быстан барбыт. Дьиэлээхтэр, куттанан, оһохторун төрдүгэр түспүттэр. Сыгынньах ойуун, бэрт түргэнник атаҕын быһан эт эттииргэ уурбут уонна сүгэни ылан эттээбит. Улахан алтан солуурга уу сылыйан сыыгыныы турарыгар атаҕын этин толору симэн баран, туус ылан бырахпыт уонна, аҥаар атаҕынан кылыйан, ороҥҥо баран олорбут.

Сотору эттээх солуур оргуйан эриэнинэн-бураанынан көрүтэлээбит, өрүтэ ыһыахтаммыт. Дьиэ иһигэр буспут эт сыта тарҕаммыт.

– Эппит буста ээ, быһыыта, хоторуҥ эрэ! – диэн Сыгынньах ойуун дьиэлээхтэри соруйбут.

Дьиэлээх дьахтар, куттана-куттана кэлэн, солууртан эти хоторбут. Аҕалан хоноһотун иннигэр ууран биэрбит, бэйэтэ эмиэ оһоҕун төрдүгэр түспүт.

Сыгынньах ойуун биир кырбас эти ылан сиэн-аһаан кимиритэн барбыт. Ол олорон, хаҥас диэки көрө-көрө:

– Кэлиҥ, эттэ сиэһиҥ! – диэн ыҥыртаабыт.

Дьиэлээх киһи кэлэн биир кырбас эти ылбыт. Сыта үүт-үкчү сүөһү этин сытын курдук үһү. Быһаҕынан быһан амсайан көрбүт. Сүөһү этин амтаныттан туох да уратыта суох эбит. Дьиэлээх киһи кэргэнин уонна оҕолорун ыҥыртаабыт. Оҕолор эти сиэбиттэр, оттон дьиэлээх дьахтар амсайан да көрбөтөх.

Ол киэһэ ол курдук тото аһаан утуйан хаалбыттар. Сарсыарда Сыгынньах ойуун дьиэлээх дьон утуйа сыттахтарына туран барбыт.

Дьиэлээхтэр сарсыарда туран, бэҕэһээ киэһэ сиэбит эттэрин уҥуоҕун көрбүттэрэ, сүөһү атаҕын уҥуоҕар маарынныыр эбит.

– Ампаарга тахсан көр эрэ, атах эппит баар дуо? – диэн дьиэлээх киһи кэргэнин соруйбут.

Дьахтар тахсан көрбүтэ, ампаардарыгар уурбут атах эттэрэ суох үһү… Сыгынньах ойуун ол курдук киһи хараҕын баайар улахан абааһылаах ойуун үһү…»

Сэмэн Харатаайап ат тутар киһилээх кэлэн тэлгэһэлэрин иһигэр киирбитин көрөн:

– һа! Кулуба тойоммут бэйэтэ кэллэ дуу?! – диэн Сыгынньах ойуун соһуйбута. – Кыыһа көстүбэтэх буоллаҕа.

Сыгынньах ойуун кэргэнинээн, Алыһардаах удаҕанныын, Харатаайап кулуба кыыһа сүппүтүн истэн олороллоро. «Кыыһын булбатаҕына, хайаан да кэлэн ыҥырара буолуо», – диэн истэригэр күүтэ саныыллара.

Ол да буоллар Харатаайап кулуба:

– Санаабытыгар көрүүлэнэн көр, – диэн ааттаспытыгар, Сыгынньах ойуун ыарыаҕынан ыараан, өр тугу да саҥарбакка олорбута.

Сэмэн Уйбаанабыс иккистээн көрдөспүтэ. Алыһардаах удаҕан кэргэнин диэки уоттаах чолбон курдугунан көрүтэлээбитэ. Сыгынньах ойуун уотун иннигэр баттаҕа арбайан, хаана болодуйан, хамсалаах табаҕын эмэн соппойо-соппойо эмиэ саҥата суох олорбута.

Ол курдук бэрт өр ааттаһыннаран-көрдөһүннэрэн эрэ баран, Сыгынньах ойуун олоппоһуттан турбута. Кэргэнэ, кыыһырбыт курдук, оҕонньоро кыырар таҥаһын, дүҥүрүн ылан ороҥҥо тамнаабыта.

700 ₽
Возрастное ограничение:
0+
Дата выхода на Литрес:
09 мая 2024
Объем:
1050 стр. 1 иллюстрация
ISBN:
978-5-7696-6128-0
Правообладатель:
Айар
Формат скачивания:
epub, fb2, fb3, ios.epub, mobi, pdf, txt, zip

С этой книгой читают