Читать книгу: «Очурга оҕустарыы, кыайыыга кынаттаныы»
Киһи олордоҕуна олорор. Күөгэйэр күннэрбэр сылдьан, хаһан эрэ ыалдьыам, сырдык-хараҥа икки ардыгар былдьаһыы амырыын тымныынан хаҕыстык тыынарын субу билиэм диэн санаа олох суох буолара. Орто туруу-бараан дойду баарын тухары үрдүбэр күлүм күн мэлдьи мичээрдии туруоҕун, үтүөкэннээх атастарым-доҕотторум өрүү чэгиэн-чэбдик сылдьыахтарын курдук саныырым. Баар үһү дуо ама ыарыы, өлүү-сүтүү? Сымыйа!
Ол бэйэм 60 сааспыттан лаппа тахсан баран, сүрэх ыалдьара диэн тугун биллим. Түөһүм иһигэр ааспакка-арахпакка ньириһийэрэ, эдэрбэр хайа да чымаан хайа чыпчаалыгар тэппит атахпын кубулуппакка сүүрэн дабайар бэйэм (бу түгэҥҥэ 1969 сыллаахха Володя Андросовы, Коля Захаровы кытта Болгарияҕа Шипка хайатын чыпчаалыгар диэри тыһыынчаттан тахса үктэли биир тыынынан элэҥнэтэн тахсыбыппытын өйдөөн кэллим) билигин иккис да этээскэ тахсарбар аҕылаан барарым дьулатар буолбута.
Балыыһаҕа быраастарга көрдөрөөрү күнү быһа уочаракка олорору олох сөбүлээбэт суолум да буоллар, ыарыым тулутарыттан ааста, хайыам баарай, хаһааҥҥа диэри маннык туруктаах сылдьыамый – бырааска көрдөрбүппэр: «Сүрэххин хааччыйар сүрүн тымырыҥ улахан аҥаара бүөлэммит, онон атаҕыҥ тымырынан киирэн, тымыры кэҥэтэр стентирование диэн операция оҥоруохха наада», – диэтилэр. Биллэн турар, урукку өттүгэр улаханнык ыалдьан көрбөтөх киһиэхэ сүрэххэр эпэрээссийэ оҥоробут диэбиттэрэ ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии соһумар этэ.
Үрүҥ халааттаах аанньаллар барахсаттар (хирурдарбар Петр Иванович Захаровка, Григорий Дмитриевич Бугаевка, Петр Борисович Кривошапкиҥҥа тыыннааҕым тухары махтана туруом) өр-өтөр гыммакка эпэрээссийэлээн, доруобуйам кэм чөлүгэр түспүт курдук да буоллар, чэгиэммин-чэбдикпин диэн эрдэттэн быһа этэн кэбиһэр табыллыбатын өйдөөбүтүм. Балыыһаҕа палаатам үрүҥ үрүтүн одуулаһа сытан саныырым: «Киһи Таҥара илиитигэр сылдьар дииллэрэ уот харахха эбит, саха өһүн хоһоонугар баарыныы, уол оҕо биир күн ат уорҕатыгар, иккис күн ат өрөҕөтүгэр. Бүгүн этэҥҥэ курдугуҥ тугу да билбэт, хаһан баҕарар эҥин дьүһүн буолан хаалар олох ыраахтан буолбатах. Ыччаттарбар анаан тугу да ахтыбакка, суруйбакка хааллахпына, ким кэлэн оҕолорбор, сиэннэрбэр, бары миигин билэр дьоммор мин түһүүлээх-тахсыылаах, үөрүүлээх-хомолтолоох олоҕум туһунан кэпсиэ буоллаҕай?»
Мутугунан быраҕар муҥур үйэбэр ситиһии-кыайыы өрөгөйүн да, охтор-самнар алдьархайын да билбитим. Быһата, бэйэм очурдаах-чочурдаах дьылҕам туһунан кэпсээн көрүүм, баҕар, кими эмэ сэҥээртэҕинэ, өссө үчүгэйэ – хайа эмэ ыччакка олоҕун суолун буларыгар, быстах уустуктартан сынтарыйбакка өрө охсон, уустук балаһыанньаттан тахсарыгар көмөлөстөҕүнэ, мин туруоруммут сорукпун сиппиттии сананыах этим.
1
Мин төрөөбүт-үөскээбит Чакырбын биир дойдулаах убайбыт, саха классик суруйааччыта Семен Степанович Яковлев-Эрилик Эристиин бэргэнник этэн кэбиспитинии Дьаҕа Баһа диэн ааттыыллара. Чахчы да, биһиги аччыгый эрдэхпитинэ, ылбычча киһи тиийбэт ыраах сирэ, соҕуруунан Амма улууһун кытта быысаһар, «ырааһыран ыла-ыла ыбыллаҕастаммыт, ыллыга-аартыга бүөлэммит» үрэх баһа дойду этэ. Ол иһин массыына тоҕута сүүрбэтэх сирдээх-уоттаах, уматык ыыра-дьаара тунуйбатах күөх сирэм дойдубар, өлбөт мэҥэ уутуттан итэҕэһэ суох угуттуур мүөттээх салгыннаах Дьаҕам Баһын алаастарынан, хатыҥ, тиит былаастаах тыаларынан оонньоон-көрүлээн, көтөн-мөҕөн оҕо сааһым ааспыта. Оччотооҕу кэмтэн өйдөбүлүм – күн манна Толооҥҥо (Чакыр диэн нэһилиэгин, оттон Толоон диэн дэриэбинэтин ааттара) ордук чугаска, сир-дойду быдан ырааска, чаҕылхайга дылыта, миигин, эрдэ аҕата суох хаалбыт уолчааны, дэриэбинэҕэ билэр-билбэт дьонум-сэргэм өрүүтүн таптаан-атаахтатан тахсаллара.
Кэлин дьон ахтыытыттан биллэххэ, түөрт хостоох дьиэни Тураҥнаах диэн сиртэн көһөрөн аҕалбыттарыгар Эрилик Эристиин иккис кэргэнэ, биэлсэр буолан бу дьиэттэн үс хоһун ылан өлүөр диэри олорбут. Билигин бу дьиэ музей буолан турар. Дьиэ соҕурууҥҥу киэҥ хоһо дьахтар оҕолонор палаатата эбит. Мин манна 1947 сыллаахха кырыа кыһын кыйданан, сааскы таммах чоллурҕаччы түһэн эрдэҕинэ, чыычаах уйа туттубат, киһи үлэлиэ суохтаах ытык күнүгэр – Былаҕасыанньайап таҥаратын чэчиэринньигэр, ол аата ыаллар алаадьы астаан бырааһынньыктыыр кэмнэригэр – муус устар 6 күнүгэр төрөөбүппүн.
Аҕабынан төрүттэрбит Байаралар диэн эбиттэр. Аҕам Павел Дмитриевич, эппитим курдук, эрдэ, мин үс саастаахпар, суох буолаахтаабыт. Эдьиийим кэпсээнин сабыдыалыттан дуу, эбэтэр дьиҥ-чахчы оннугу көрбүтүм хатанан хаалбыта дуу – хаар кыыдамныыр күһүҥҥү хаҕыс күнүгэр хоруобу сыарҕалаах акка тиэйэн илдьэн эрэллэрин, миигин эдьиийим көтөҕөн турарын өйдүүр курдукпун, олус лүҥкүрбүт, хобдох-курус күҥҥэ дылыта…
Ийэм Евдокия Егоровна биһигини иитээри үлэттэн ордубата: повар да, лааппыга атыылааччы да буола сылдьыбытын билэбин. Онон борбуйбун көтөҕүөхпэр диэри сайын аайы эһэм Дмитрий Павлович миигин көрөн-истэн улаатыннарбыта, сөбүгэр дьарыйан, ардыгар атаахтатан, уол оҕо бары дьарыгын сатыыр буоларга уһуйбута. Күүтүүлээх сайыҥҥы каникул саҕаланнар эрэ, Толоонтон көс курдуктаах сиргэ – Соҕуруу Эбэҕэ барарбыт. Эһэм атын миинэн баран, миигин кэннигэр мэҥэһиннэрэрэ, ол кэнниттэн айахпыт хам буолбакка кэпсээн-ипсээн бөҕөнөн аар тайҕа иһигэр киирэн, ыркый ойуурунан айаннатан дибдитэрбит.
Биһиги, Карповтар, өбүгэ саҕаттан олохпут дьиэбититтэн арҕаа, икки биэрэстэлээх Хоспохтоох диэн сиргэ баар. Алаас Эбэттэн Хоспохтооххо лиҥкир тиит тыаны быһа түстэххэ, төрүт-уус алааспытыгар, оттуур сирбитигэр тиийэрбит. Бу алаас халдьаайытыгар дьон уҥуохтарын кириэстэрэ, баҕана мастара эмэҕирэн тураахтыыллар – ити биһиги төрүттэрбит, ол иһигэр аҕам, уһуктубат уһун ууларыгар утуйа сыталлар. Дойдубар тиийдэхпинэ, мин ытык дьонум кэриэстэригэр сүгүрүйэбин, санаабар, кинилэр миэхэ күүс-уох биэрэн, мэлдьи алгыыр-араҥаччылыыр курдуктар…
Алааспыт барахсан сайын ахсын «кэлиҥ, күөх быйаҥтан сомсуммахтаан хаалыҥ» диэн ыҥырар-угуйар курдук күөх отунан тыа саҕатыгар тиийэ тыалтан долгулдьуйа олороро көрүөххэ сүрдээх да үчүгэй буолара! Аны тыатыгар куобахха сохсо охсорбут. Абаҕам Бүөтүр үс биэрэстэлээх сиртэн сүүрбэччэ куобаҕы сүгэн киирбитин туһунан сөҕөн-махтайан кэпсииллэрэ. Аны санаатахха, бэйэтин кыанар, тэтиэнэх киһи эбит.
Ити курдук эһэбин батыһа сылдьан, хайа баҕарар саха оҕотунуу үлэлии, бултуу-балыктыы үөрэммитим – ходуһабытыгар Бөтүрүөп Таҥаратын саҕаттан күһүн маҥнайгы хаһыҥнар түһүөхтэригэр диэри илиибитинэн охсон, мунньан, кэбиһэн моой оттуурбут, быыспытыгар күөлгэ мундуга, бөчөөххө илимниирбит, туу угарбыт, эһэм така-йыытынан куобахха, куртуйахха туһахтыырым, сохсо иитэрим, хороччу улаатарым саҕана саас-күһүн куска, куобахха сааланарым. Эһэм, омос көрдөххө, сүрдээх дьиппиэн, оҕо бары улаханнык толлор, саллар кырдьаҕаһа этэ. Оттон мин куруутун эҥээрдэһэ сылдьар буолан билэрим – ис дьиҥэр киирдэххэ, кини курдук аламаҕай, элбэҕи билэр-көрөр, сүбэ-ама буолар, сиэнин ис сүрэҕиттэн таптыыр үтүөкэннээх эһэ ахсааннааҕа эбитэ буолуо.
Эһэм да, аҕам да коммунист этилэрэ, ол иһин наар кырдьыгы эрэ өрө туппутунан олорон аастахтара. Син оччотооҕу партия чилиэннэрин курдук, тус бэйэ туһугар, байарга-тайарга дьулуһуу диэни билбэккэ, бар дьон бүттүүнэ дьоллоох-соргулаах олохтоох буолуохтаах диэн өйдөбүлүнэн салайтараллара. Эһэм Эрилик Эристиинниин араа-бараа саастаах үөлээннээхтэр, суруйааччылыын алтыс-пыт кэмнэриттэн кэпсиирэ да, оҕочоос буолан долоҕойбор тутан хаалбатахпын, арай наар: «Сэмэн эбэтэр Дьаакыбылап», – диирин өйдүүбүн. Эрилик Эристиин туһунан кинигэҕэ эһэм кылгас ахтыыта киирбит, онно суруйааччы айымньыларыгар баар дьон кимнээхтэрин ыйбыт эбит.
Аҕам сэрии ыар сылларыгар холкуоска бэрэссэдээтэллээбит, хоргуйуу ыар күннэригэр дьону салайыы курдук кытаанах эбээһинэһи толорбут. Кинини кытарар кыһыл этэ диир сатаммат, сорох былдьаһыктаах түгэннэргэ баартыйа тыйыстык ирдиир, дьону үлүгэргэ умса анньыах айылаах дьа-һалларын ылыммакка, бар дьонун тыыннаах хаалларарга туһуламмыт хардыылары оҥортуур эбит. Ол курдук сэрии сылларыгар Хатылыга «Кыһыл ыллык» уонна Чакырга Молотов аатынан холкуос-тарга бэрэссэдээтэллии сылдьан, хоргуйан барыы буолбутугар ыксаан, кистээн сүөһү өлөттөрөн, бар дьонун аһатан, холкуоһун дьонун үрүҥ тыыннарын өллөйдөөбүтүн туһунан оччотооҕу кэм тыыннаах туоһулара – кырдьаҕастар кэлиҥҥэ диэри махтанан ахталлара. Хата, оччолорго ону үөхсэр-харсар биир да хара санаалаах көстүбэтэҕэ аҕам дьоло эбит.
Толооҥҥо дэриэбинэ ортотугар хатыйыы күрүөлээх дьиэбин мин сааһыран баран сотору-сотору ахтан-санаан кэлэбин, түүлбэр кытта киирэр. Ол дьиэм таһыгар оонньуурбун, бүтүннүү алтан төбө ньээм-ньээминэн саһарар тэлгэһэҕэ сымнаҕас окко сытарбын өйдүүбүн. Итиннэ мин биэс саастаахпар диэри олорбуппут. Ийэм, Кытаанахха олорбут Абрамовтар диэн бэйэлэрин кэмигэр кыахтаах, баай аҕа ууһун кыыһа, олус эрдэ төгүрүк тулаайах хаалаахтаабыт. Ол кэнниттэн мин аҕабын кытта билсэн, Чакырга сүктэн кэлбит.
Аҕам өлбүтүн кэнниттэн кыра оҕолоох огдообо дьахтар отун-маһын булунан, сүөһүтүн көрөн соҕотоҕун олороро уустугуттан Мындаҕаайыттан сылдьар Егор Аммосов диэн киһиэхэ эргэ тахсыбыта. Онон биһиги Толоонтон көһөр буоллубут. Мин кииринньэҥ аҕа буола сылдьыбыт Дьөгүөрү үдүк-бадык соҕус да буоллар өйдүүбүн. Тута: «Аҕаа!» – диэбиппин, кини элбэх баҕайы кэмпиэт аҕалан, ытыһым муҥунан кутан үөрдүбүтүн умнубаппын.
Толоонтон көһөрбүтүгэр, биһиги өлүүбүт диэн төбөлөөҕүнэн 14 сүөһүнү илдьэр буоллубут. Өр баҕайы айаннаабыппыт, суола-ииһэ суох Дьаҕа баһыттан тахсан, оруобуна били Уулаах Уйбаан «сиһиктээх систэри бысталаан, адырҕайдаах аппалары туораталаан Дьаҕа Баһын ыырыттан тахсан, дьиэрэҥкэйдиир тиҥилэх тиэрийбит дьэрэкээн хонуулар устун» диэбитинии, ыт мунна баппат ыркый ойуурдартан тахсан, Амма өрүс үрдүгэр киэҥ нэлэмэн хочолорунан хаамтаран алтахтатан, Мындаҕаайыга тиийбиппит.
Мындаҕаайыга баара-суоҕа 6 саастаахпар мин оскуолаҕа бэлэмнэнии эбэтэр норуокка этэллэринии «ньулубуой» кылааска киирбитим. Олус аһыныгас, үчүгэйкээн майгылаах учууталга түбэспитим (хомойуох иһин, аатын умнан кэбиспиппин). Дьиэбэр барарбар миигин атааран, суолум айаҕар киллэрэн биэрэрэ, оттон дьиэбэр Бэскэ диэри син балачча ырааҕа, икки биэрэстэ курдук быһыылааҕа.
Суолбар баар үрэх сыырыгар оонньоон, дьиэбэр бүтүннүү хаар-сиик буолан тиийэрбин өйдүүбүн. Саас биирдэ сыыртан өҥөс гыммытым – үрэхпит эстэн, мууһа күөрэлэнэн, көмүөл бара турар эбит. Дьиэбит сүүрүк хоту, аллараа баара, онон муустарга олорсон устар санаа көтөн түстэ да, суумкабын туппутунан кытылы кыйа баран иһэр мууска ойон киирэн, айаннатан даллаһыта турбутум. Хата, соччо ырааппакка, дьиэм туһаайыыта от-мас сыыр үөһэ элэҥнээн көстөрүн кытта, кытылга ойон кэбиспитим. Дьиэбэр ол «дьоруойдааһыным» биллибэккэ хаалбыта. Ийэм ону көрбүтэ буоллар, төһөлөөх куттаныа этэй диэн билигин кэлэн кэмсинэбин.
Оскуолаҕа куһаҕана суохтук үөрэммитим. Мындаҕаайыга сылдьан, арааһа, 5—6 саастаахпар буолуо, Дьокуускайтан тахсан практикалана сылдьар студент уол саахымат хаамыыларыгар үөрэппитэ. Итинтэн ыла саахымат-дуобат олоҕум арахсыспат аргыстара буолбуттара. Кыра кылааска үөрэнэ сылдьан, саахымакка күрэхтэһэ аан маҥнай куоракка киирбиппин өйдүүбүн. Кыһыҥҥы каникулга тоҥ хаһаа автобуһунан түҥкүр-таҥкыр түһэн айаннаабыппыт. Тииспит тииспитигэр сыстыбат гына бабыгыраччы тоҥмут оҕолор иккис оскуола интернатын булан, икки этээстээх сылаас баҕайы дьиэҕэ киирэн, биирдэ харахпыт сырдаабыта. Бачча улахан дьиэ оһоҕо суоҕун, ол оннугар түннүктэр анныларыгар ыйаммыт кэрдиистэнэр хаптаҕай турбаларынан ититэллэриттэн сөхпүппүт, итинник аан маҥнай радиаторы көрбүтүм.
Туох эрэ табыллыбакка, онно саахымакка күрэхтэһиннэрбэккэ эрэ биһигини Чурапчыбытыгар төттөрү утаарбыттара. Ол да буоллар ити кэмтэн ыла саахымат-дуобат дуоскатын кыбыммытынан сылдьабын, урутаан эттэххэ, билигин саахымат-дуобат республикатааҕы киинин салайарым быһыытынан, Сахабыт сирин бастыҥтан бастыҥ саахыматчыттарын, дуобатчыттарын кытта күннэтэ эҥээрдэһэбин, бэйэм дуобакка маастарга кандидат нуорматын толорбутум.
Бииргэ оонньоон-көрүлээн улааппыт оҕолорбуттан Чакырга сайын аайы элбэхтэ моҕотойдоон сүүрбүт-көппүт, сөтүөлээн чомполоммут уолбун Проня Егоровы, билиҥҥэ диэри дьиэ кэргэнинэн доҕордоһор атаспын Мэхээччэ Ефремовы анаан-минээн ааттаталыам этэ. Сайын буолла да, эһэм атынан кэлэн Чакырга илдьэ барара. Бэл, Мындаҕаайы курдук ыраах, быстар куһаҕан суоллаах-иистээх дойдуттан эһэм «ньулубуойу» бүтэрдэҕим сайын эмиэ кэлэн, эмиэ аппытыгар мэҥэстэн, үөрэ-көтө дойдубутугар айаннаабыттаах этибит.
Биһиги дьиэ кэргэн Мындаҕаайыга син бэркэ олоруох быһыылаахпыт даҕаны, кииринньэҥ аҕам күүскэ иһэн кэбиһэр буолан иэдэппитэ. Арыгы эҥээрдэспит ыал олоҕо туох аанньа буолуой, били 14 сүөһүбүт ханна да барбыта биллибэккэ эстибитэ, соҕотох ынахтаах эрэ хаалбыппыт. Мин маҥнайгы кылааска төрдүс чиэппэргэ үөрэнэн эрдэхпинэ, ийэм Дьөгүөрдүүн туох да айдаана, иирээнэ-чаараана суох арахсан хааллылар. Онон муус устарга сир-дойду садырыын уутунан туолан турдаҕына, тэлиэгэлээх атынан Чурапчы сэлиэнньэтигэр көһөн киирдибит. Суол уһун буолан, аара Баһылай алааһа диэн сиргэ ыалга хонон аастыбыт.
Чурапчыга кэлэн, биир томтор аннынан тэлиэгэбит талыгыратан эрдэҕинэ, эмискэ үрдүбэр бөдөҥ баҕайы саҥалаах киһи соҕотохто тоҕо барбытыгар, куттанан тэлиэгэ түгэҕэр умса түһэ оҕустум. Саҥа тохтообокко биир күрүс эҥээрэриттэн дьиктиргээн, өндөйөн тулабын көрбүтүм – остуолбаҕа ыйаммыт тэллэҕэр тэрил иһиттэн кэпсээн-ипсээн аан дойдуну толорон доргута аҕай турар эбит. Кэлин билбитим – ол военкомат томторо диэн эбит.
Хайа эрэ ыал олбуоругар киирдибит, дьиэлээх-тэр «һуу-һаа» буолан тахсан, биһигини эргийэн кэбистилэр, көрөн-истэн айманан, ону-маны ыйы-талаһан бардылар. Дьэ, ити курдук ырыаҕа ыллам-мыт, хоһооҥҥо холбоммут, киэргэттэхтэринэ «тоҕус томтордоох иккис Москва» диэн ааттыыр Чурапчы сэлиэнньэтин дьоно буоллубут.
2
Ол күн Дьөгүөр биһигини Чурапчыга аҕалан баран Мындаҕаайытыгар төнүннэ, оттон ийэм биһикки ыалга дьукаах киирдибит. Ийэбиниин, бэйэбит бас билэр дьиэтэ суох дьон, мин улаатыахпар диэри Чурапчыга ыалтан ыалга көһөн да биэрбиппит! МТС, райпо, оскуола, интернат-оскуола томтордоро, Милиция Алааһа, Арҕаа Бас, Илин Бас…
Чурапчы орто оскуолатыгар маҥнайгы кылааска төрдүс чиэппэрбин салҕаан үөрэнэрбэр, бэрт кытаанах ирдэбиллээх, чиҥ-чаҥ Александра Ильинична Герасимова диэн учууталга түбэстим. Өссө аатырбыт Уот Субуруускай уола Константин Николаевич эмиэ үөрэппитэ. Ийэм үлэлии бардаҕына, соҕотох хаалабын. Ол иһин ийэм көрдөһөн, уолбун ханна да хаалларар сирим суох диэн сайабылыанньа суруйан, мин үсүһү бүтэриэхпиттэн урукку педучилище базатыгар тэриллибит интернат-оскуолаҕа төрдүс кылааска киирбитим.
Манна үөрэммит сылларбын олус күндүтүк саныыбын. Киэҥ нэлэмэн Чурапчы эбэ кытылыгар үс муус маҥан куба олорорунуу, интернат-оскуола маҥан оппуохалаах корпустара ыраахтан туналыһаллара. Маҥнайгыта – үөрэнэр, иккиһэ – олорор, үсүһэ – остолобуой уонна мастарыскыай дьиэлэрбит буолаллара.
Иитээччилэрбит, учууталларбыт олус да үчүгэй дьон этилэрэ, республика араас муннуктарыттан кэлбит, үксүлэрэ тулаайах оҕолорго кинилэр туох да омуна суох ийэлэрин-аҕаларын солбуйбуттара. Иитээччибит Евдокия Яковлевна Барашкова хас биирдиибитин араҥаччылыы, харыстыы сылдьар курдуга, икки чаас уруок аахтарара. Иллэҥ кэммит буоллаҕына, Евдокия Яковлевна кинигэ тутан киирэрин кэтэһэрбит. Иитээччибит сахалыы кинигэлэри дорҕоонноохтук ааҕара. Тылбаастанан тахсыбыт «Тисса үрэх үрдүгэр» диэн курдук быһылааннаах сырыылардаах, үспүйүөннээх, хабыр киирсиилэрдээх айымньыны аахтаҕына, сэриигэ сылдьан суругунан билсибит кыыһыгар Терезаҕа айаннаан иһэр Иван Белограйы аара суолга өлөрөн баран, кини оннугар кубулунан кыыска тиийбит үспүйүөнү субу тутан ылыахтыы абаран-сатаран, сутурукпутун бобуччу тутан, тыынарбытын да кыатанан истэрбит.
Сэрии ветерана, бойобуой уордьаннаах иитээччибит Петр Егорович Спиридонов туһунан үөрэтэр ньымалардаах, оҕолору бэйэтигэр тардар, улаханнык ытыктыыр иитээччибит этэ. Кини сэрииттэн аҕалбыт, мэктиэтигэр, Чурапчы күөлүн уҥуоргу өттүгэр тиийиэх айылаах сытыы уотунан быһа курбуулуур немецкэй трофейнай банаарыгар ымсыыран да биэрэрбит! Бэйэбит бокуойа суох тутааҕын бобута туппахтаатахха «жык-жык-жык» тыаһаан, атахпыт эрэ иннин сырдатар мөлтөх уоттаах-күөстээх аҕыйах банаардаах этибит.
Интернат-оскуола маҥнай утаа түөрт эрэ кылаастааҕа, онон кырабыт эҥин диэн үлэттэн куотунар кыах суоҕа. Бары кылаас оҕото көхтөөхтүк кыттан, уокка оттор маспытын эрбээн, хайытан, оһох ахсын таһан кэбиһэрбит. Кырдьыгынан эттэххэ, ньуулдьаҕай оҕолорго күн ахсын сүктэриллэр бу үлэ илистиилээх этэ да, тото-хана аһаатыбыт, оонньоон-көрүлээн бардыбыт да, сылайбыппытын тамты умнан кэбиһэрбит. Остолобуойбут аһа олус тотоойу этэ, килиэби, хааһыны испит ыларынан мотуйарбыт, аны күнүс хайаан да миин иһэрбит, бырааһынньыкка хаһан да харахтаабатах дьаабылыкабытын амсайан үөрүү-көтүү буолара.
Саллаат гимнастеркатыгар маарынныыр алтан тимэхтэрдээх күрэҥниҥи формалаах этибит, онтубутун эмиэ алтан бирээскэлээх курунан быакаччы тардынан кэбиһэрбит. Улахан бырааһынньык иннинэ курбутун, тимэхтэрбитин тиис суунар бороһуогунан чаҕылыйа сылдьар гына кылбаччы ыраастыырбыт. Өссө сайын кэтэрбитигэр лаахтаах куондардаах фуражка биэрэллэрэ, бары эрээттэринэн кэккэлээн, ньиргиччи ыллыы-ыллыы, тэҥҥэ үктээн хааман оскуолаҕа, остолобуойга баран иһэн, кыайыылаах Кыһыл Аармыйа саллааттарыттан итэҕэс санаммат быһыылаахпыт.
Аны оскуолабытыгар духовой оркестрдаахпыт. Ырыа уруогар олус истиҥ, нарын куоластаах Анна Николаевна Седалищева үөрэтэрэ. Билигин дөрүн-дөрүн республика радиотынан Анна Николаевна «Үрүмэччи маҥан аты» толорбутун биэрдэхтэринэ, учууталбыт умнуллубат куолаһа уйаҕастык ыллаан намылытан бардаҕына, интернат-оскуолабын, миигинниин биэс хааһах диэбиккэ дылы, оскуола хоругар ыллаһарбын сүр сытыытык өйдөөн кэлэбин. Оччотооҕу хартыына субу кэлэр – түннүктэрбит бүтүннүү кырыаран, таһырдьа туох да көстүбэт тымныыта будулуйар, оттон ичигэс дьиэ иһигэр Анна Николаевна дирижердаан далбаатанарыгар сөп түбэһиннэрэн биһиги күргүөмүнэн ыллаан ньиргитэрбит.
Аны Өктөөп эбэтэр Пиэрибэй Маай бырааһынньыктарыгар оркестрбыт турбалара сатарыйа тыаһаан, алтан тэриэлкэлэри охсуолаан чаҥырҕатан, эрчимнээхтик тэбис-тэҥҥэ үктэнэ-үктэнэ: «Вихри враждебные веют над нами…» – диэн ыллаабытынан барааттааччылар холуонналарыгар кутулла түһэрбит.
– Оо, интернат-оскуолалар кэллилэр! – диэн дьон хайгыыр-киһиргэтэр сиэринэн саҥа аллайалларын үөрэ истэрбит.
Интернат-оскуолаҕа учууталларбыттан өссө нуучча тылын үөрэппит Николай Николаевич Павлов-Тыаһыты, биологияны наһаа кэрэхсэбиллээхтик биэрбит Василий Федотович Ермолаевы ахтыам этэ. Биирдэ Василий Федотович хантан эрэ чырылыы-чырылыы сүнньэ суох курдук төбөтүн хайа баҕарар, ол иһигэр 360 кыраадыс тохтоло суох эргичитэр көтөрү кылааска аҕалла уонна:
– Бу вертишейка диэн буолар, – диэтэ.
Сөҕөрүм диэн баар – онтон ыла хаһан да вертишейканы көрбөтөҕүм. Кэлин анаан-минээн биология кинигэлэриттэн биллэхпинэ, вертишейка диэн хотугулуу-арҕаа Африка уонна Евразия тыаларыгар баар тоҥсоҕойдуҥулар биис уустарыгар киирсэр сүүрбэччэ сантиметр уһуннаах чыычаах диэбиттэр. Василий Федотович ити вертишейканы хантан булбута буолуой, биһиги Чурапчыбыт тыатыттан дуо? Ити курдук интернат-оскуолаҕа олорон, бэртээхэй учууталларга үөрэнэн, үтүөкэн уолаттардыын доҕордоһон, билбэтэхпин билэн, көрбөтөхпүн көрөн, коллективка сылдьарга үөрэнэ улааппытым.
Оскуолабытыгар пионерскай дружинабыт герой-пионер Леня Голиков аатын сүгэрэ, баһаатайбыт Иннокентий Семенович Окоемов наһаа кыһаллан-мүһэллэн араас өрүттээх үлэни ыытара, бэйэтэ каллиграфическай буочарынан олус ыраастык, кыраһыабайдык суруйарыгар ымсыырар этибит. Үөрэнээччилэртэн дружинабыт сэбиэтин салайар Валя Баишева, Нюта Местникова диэн, маҥан булууһаларын сиэҕигэр түөртүү кыһыл бэлиэҕэ тиийэ анньыммыт (звеньевой биир, этэрээт командира икки оннук бэлиэлээх буолаллара) биһигинньик дьоҥҥо иэдээннээх хотун кыргыттардаах этибит. Түөрт муннуктаах хордуону жетон диэн биэрэллэрэ, мэниктээн элэҥнэтэ сылдьан хотуттарга түбэстиҥ да, быраһаай – жетон муннуга быһа кырыллара. Түөрт муннуга быһыннаҕына оскуолаттан үүрүллүөххэ сөптөөх куттал суоһуура. Инньэ гынан баһаатай да, учууталлар да, «хотун» кыргыттар да бэрээдэги сүрдээхтик тутан, араас кэрэхсэбиллээх дьаһаллары ыытан, дружинабыт бүтүн Советскай Союз пионерскай дружиналарын ортолоругар бастаан, улахан үөрүү-көтүү буолбуттааҕа.
Биирдэ муус устар ылааҥы күнүгэр үөрэнэ олордохпутуна, арай ааммыт тэлэллэ түстэ, олус үөрбүт киһи хаһыытаан бытарытта:
– Оҕолоор! Космоска сэбиэскэй киһи көппүт!
Биһиги бары «ураалаан» ньиргиппитинэн таһырдьа сырсан таҕыстыбыт. Линейка, уруйдаһыы-айхаллаһыы бөҕө буолбутун өйдүүбүн. Оччолорго «космос» диэн тугун билбэт да буолларбыт, туох эрэ сөҕүмэр кыайыы ситиһиллибитин эппитинэн-хааммытынан сэрэйбиппит, ыйга дуу, сулустарга дуу киһи көппүтүн тэҥэ санаабыттаах этим.
Кыра эрдэхпититтэн доҕорбунуун Петя Калачев-туун лүөччүк буолуохпут диэн ыраланар этибит. «Валерий Чкалов», «Повесть о настоящем человеке», «Два капитана» курдук киинэлэргэ баар тоҥтон толлубат, ириэнэхтэн иҥнибэт хорсун-хоодуот Валерий Чкалов, Алексей Маресьев, Саня Григорьев курдук лүөччүктэр сырдык уобарастара оннукка иитэллэрэ. Бэһис кылааһы бүтэрэн баран, Петялыын Дьокуускайга юннатскай станцияҕа оҕуруот аһын бүөбэйдэһэргэ үөрэнэ киирэр буоллубут. «ЯК-12» диэн лүөччүктэн ураты үс эрэ киһи олорор, тэмэлдьигэни санатар сөмөлүөккэ киирэн үөрэ-көтө олордубут. Баһаатайбыт нуучча кыыһа баара. Сотору кылгастык сүүрэн баран, сөмөлүөппүт өрө эгдэс гынна уонна чэпчэкитэ бэрт буолан, кыра да тыалы билинэн, өрө-таҥнары биэтэҥнэппитинэн барда. Өр-өтөр буолбакка, Петям хотуолаан ыһылыннарда. Мин тулуһа сатаатым да, аллара, атахпыт анныгар Өлүөнэ эбэ иэнэ киэҥник-куоҥнук чаҕылыҥныырын саҕана, эмиэ тулуйбакка, хотуолаан эрэрбин эрэ өйдөөн хааллым. Маҥан аэровокзалыгар салбаҕырбыт сирэйдээх-харахтаах, салыбырас буола мөлтөөбүт дьон киирдибит.
– Туох ааттаах тимир доруобуйалаах дьоно лүөччүк буолалларый? – дэһэбит.
Петя биһикки ити курдук лүөччүк буолан бүттэхпит.
Хата, юннатскай станцияҕа бэркэ сылдьыбыппыт, оҕуруот аһын олордорбут, көрөрбүт-харайарбыт. Дьиибэтэ диэн, буспут кыһыл помидору аанньа ахтыбат этибит, ол оннугар сиикэй помидору хардырҕаччы сиирбит. Арааһа, туох эрэ битэмиин тиийбэккэ, итинник аһыырбытыгар күһэйбит буолуохтаах.
Сайын үчүгэй даҕаны, кыһын бэйэтэ туһугар ураты тардардаах. Кыһыҥҥы тымтар тымныыга дьиэҕэ хаайтаран олорон, аны биир үтүө дьыалаҕа өрүһүлтэтэ суох өйдүүн-сүрэхтиин бас бэриммитим – наар кинигэ ааҕан тахсарым. Манна маҥнай өй укпут, литератураҕа тапталы сахпыт киһинэн мэлдьи ырыа-хоһоон аргыстаах сылдьарын иһин Ойуунускай диэн хос ааттаммыт Бүөтүр Захаров буолар. Кини олус элбэҕи аахпытын быыс-тала суох кэпсиирэ, бэйэтэ эмиэ хоһоон суруйарга холоноро. Ити курдук мин улам кинигэ ааҕыытын «ыарыытыгар» ылларбытым.
Муус-мас киллэриитин курдук үлэлэри уонна дьиэтээҕи сорудахтарбын толордум, уруоктарбар бэлэмнэнним да, кинигэ умсугутар-тардар дойдутунан айаннааммын киэһэ буолбутун билбэккэ да хааларым. Ити сылларга мин хараҥа тастаах, нууччалыы-сахалыы тылларынан тахсыбыт «Дьулуруйар Ньургун Боотуртан» саҕалаан, саха суруйааччыларын айымньыларын барытын кэриэтэ ааҕары ааһан, өссө нууччалыыттан сахалыы тылбаастаммыт «Эдэр гвардияны», «Ыстаал хайдах хатарыллыбытын» эҥин биир тыынынан бүтэртээбитим.
Билигин биири бигэтик этэбин – кинигэ киһиэхэ истиҥ доҕор, эрэллээх сүбэһит диэн саамай сөпкө этэллэр. Сахам сирин, төрөөбүт норуотум уруккутун кэрэхсииргэ, киэн туттарга «Сааскы кэмтэн» үөрэммиппит, «Эдэр гвардияттан» Ийэ дойдуну төлөннөөхтүк таптыыр патриотизм тыыныгар иитиллибиппит. Билигин төһө да ахсарбат быһыынан ахтыбыттарын иннигэр, «Чөөчө», «Чүөчээски» курдук кэпсээннэр кырдьыксыт, чиэһинэй буоларга, батталы-атаҕастабылы утары охсуһарга уһуйбуттара, оттон улаатан барыыбар Войнич «Тигээйитин» сыттыгым анныгар укта сылдьан ааҕарым, эр киһи быһыытынан кытаанах, бэйэ соругун толорорго дьулуурдаах, кыра ыарыы аайы ынчыктаабат, ханнык да ыарахаттарга бэриммэт күүстээх санаалаах буоларга Риварес уобараһа ыҥырара.
Оту-маһы тардыалаһан эрэр кэммитигэр Чурапчыга Ленинградка үрдүк үөрэҕи бүтэрэн кэлбит учуутал, I разрядтаах тустуук Дмитрий Петрович Коркин дьону эрчийэн эрэр үһү диэн буолла. Биһиги сүрдээҕин сэҥээрэн, интернакка кэпсэтиибит наар ол туһунан буолла. Спортсмен диэни харахтыы илик оҕолор санаабытыгар I разряд диэн айыы бухатыыра Чурапчы сиригэр бэйэтинэн кэлбитигэр тэҥнээх курдуга. Арай эмиэ сурах тарҕанна: «Коркин интернат-оскуола оҕолорун эмиэ тустууга үөрэтэ кэлэр үһү».
Дьэ, бары тустуохпутун, кыахпытын билиэхпитин туох да наһаа баҕардыбыт, дьиҥэр ыллахха, оскуолаҕа араас куруһуок баара – хаартыскаҕа түһэрэргэ, уһанарга үөрэтэр, тыыннаах муннукка (онно, бэл, сибиинньэлээх этибит) төһө баҕарар дьарыктаныахпытын сөп этэ да, уолаттар үксүбүт тустуу диэн баран утуйар да уубутун умуннубут. Дьэ, ол кэнниттэн биир үтүө күн кэтэһиилээх тренербит бу киэһэ секция ыыта кэлэр диэн буолла.