Читать книгу: «10 кыҥкыйтан 10 остуоруйа»

Шрифт:

Төрөппүттэргэ

Хайа төрөппүт оҕото – көмүс чыычааҕа үтүө санаалаах, чөл куттаах, дьоҕурдаах сайдам-сайаҕас киһи буола улаатыан баҕарбата буолуой? Барыбыт даҕаны ол туһугар кыһаллабыт, үтүө уонна мөкү, үчүгэй уонна куһаҕан өйдөбүллэрин быһаарабыт, туһалаах сатабыллары уонна үөрүйэхтэри иҥэрэбит-иитэбит, олох сөптөөх суолугар үктэнэригэр сирдиибит. Бу курдук төрөппүт оҕотугар үөрэҕи-билиини иҥэрэрин сэргэ үтүө майгыга-сигилигэ, сиэрдээх буолууга уһуйуохтаах.

Оҕо улаатан истэҕин аайы хайа эмэ кэрдиис кэмҥэ эмискэ уларыйарын, арыт олус уйан, кыҥкый эбэтэр хаппырыыс буоларын төрөппүт бэлиэтии көрүөн сөп. Маннык кэрдиис кэми сөпкө өйдөөн этэҥҥэ аһарыныы оҕо салгыы сайдарыгар улахан суолталаах. Онуоха оҕону мөҕөн-этэн, бобон-хаайан «иитэр» табыллыбат. Төрөппүт оҕотугар халы-мааргы сыһыана, сыыһа-халты туттуута кэлин, кини улааттаҕына, олоҕор охсуулаах буолар.

Олох суолугар саҥардыы үктэммит, тулалыыр эйгэни аан маҥнай билэн-көрөн эрэр кырачаан киһиэхэ барыны-бары киниэхэ өйдөнүмтүө тылынан, холобура, остуоруйа көмөтүнэн быһаарар сүрдээх туһалаах уонна хайҕаллаах. Остуоруйаны оҕо барыта сөбүлүүр. Көннөрү этэр-соруйар, дьарыйар тыыллааҕар остуоруйа тыла киниэхэ ордук өйдөнүмтүө. Оҕо үксүгэр бэйэтин остуоруйа сүрүн дьоруойун кытта тэҥнии тутар, кини алҕастарыгар үөрэнэр. Остуоруйа кырачаан киһи ис эйгэтэ арылларыгар, кини уйулҕатыгар сөпкө дьайарга уонна кутун-сүрүн бөҕөргөтөргө көмөлөһөр. Кини нарын сааһыгар дьиҥнээх олоҕу уонна остуоруйа эйгэтин ситэн өйдөөн араарбат, ол иһин дьоруойдар олохторун, түбэһэр түгэннэрин барытын дьиҥнээхтии уонна чугастык ылынар. Үчүгэйэ диэн, остуоруйанан төрөппүт психотерапевт көмөтө суох бэйэтэ оҕо уйулҕатын көннөрүөн сөптөөх.

Онон бу хомуурунньукка, төрөппүттэргэ көмө буоллун диэн, оҕо уон араас хаппырыыһын тохтотор уон айымньыны, холобура, аһыан эбэтэр суунуон баҕарбат, оонньуурдарын ыскайдыыр, ытанньах, о.д.а. майгылаах оҕо туһунан остуоруйалары, түмтүбүт. Бу айымньылар оҕо кыҥкыйдыырын, туохтан эрэ куттанарын, санааргыырын аһардыахтара.

Күндү төрөппүттэр, остуоруйалыыр кэмҥэ оҕону кытта хайаан да кэпсэтиҥ. «Остуоруйа дьоруойа сөпкө гынна дуо? Тоҕо маннык буолла? Кини оннугар эн тугу гыныаҥ этэй?» – диэн уонна да атын ыйытыы көмөтүнэн оҕону кэпсэтиигэ сиэтэн киллэриҥ. Оччоҕуна кини эһиэхэ аһыллан, дьоруой (ол аата оҕо бэйэтэ) тоҕо хаппырыыстыырын быһааран, кэпсээн биэриэҕэ. Онтон остуоруйаны аахпыт кэннэ кини саамай өйдөөн хаалбыт түгэнин уруһуйдатар өссө үчүгэй. Маныаха кини остуоруйа этэр тылын төһө сөпкө өйдөөбүтэ көстөн кэлиэҕэ, оттон эһиги оҕоҕо санааҕытын сатаан тиэрдэр кыахтанаҕыт.

Остуоруйаны ааҕарга куоласкыт дэгэтигэр, интонацияҕа болҕойуҥ: сюжеты уонна дьоруойу кытта дьүөрэлии буолуохтаах. Оҕо диэн саамай бастыҥ истээччи эбээт. Онон ааҕа олорон кинини сэмээр кэтээн көрүҥ: хайа түгэҥҥэ ордук болҕойор эбэтэр, төттөрүтүн, атыҥҥа аралдьыйар эбитий? Оҕо болҕойон истибэт буоллаҕына, ыйытыы биэрэн кэпсэтиэххэ эбэтэр ааҕар интонацияны дуу, дьоруойдары дуу, кини тулалыыр эйгэтигэр, дьонугар чугаһатан, уларытан биэриэххэ сөп.

Онон, күндү төрөппүттэр, саҥардыы тыллан эрэр сибэкки кэриэтэ ньуулдьаҕай, олоххо кэлбит кырачаан дьону – оҕолоргутун кытта остуоруйа көмөтүнэн элбэхтик кэпсэтиҥ, олох араас түгэннэрин быһаарыҥ, бииргэ ырытыҥ. Маннык алтыһыы төрөппүт уонна оҕо икки ардыгар сыһыаны тупсарар, ситими бөҕөргөтөр. Оччоҕуна оҕолоргут чөл куттаах, бигэ туруктаах үтүө дьон буола улаатан тахсыахтара.

Бесплатный фрагмент закончился.

Бесплатно
180 ₽
Возрастное ограничение:
0+
Дата выхода на Литрес:
05 мая 2023
Дата написания:
2018
Объем:
16 стр. 1 иллюстрация
ISBN:
978-5-7696-5563-0
Правообладатель:
Айар
Формат скачивания:

С этой книгой читают